Template:Appeal/Adrianne/sah

Revision as of 16:17, 9 November 2012 by Seddon (WMF) (talk | contribs) (Created page with "{{Template:2011FR/quote |Мин кыра эрдэхпинэ элбэх үбү-харчыны эрэйэр кыдьыктаах этим. Кинигэ ааҕарбын сөбү...")
(diff) ← Older revision | Latest revision (diff) | Newer revision → (diff)

Мин кыра эрдэхпинэ элбэх үбү-харчыны эрэйэр кыдьыктаах этим. Кинигэ ааҕарбын сөбүлүүрүм. Дьонум атыылаһар кинигэлэрин түргэнник ааҕан кэбиһэр этим уонна атын кинигэни көрдүүрүм. Биирдэ кинилэр харчыларын харыстыыр ньыма булбуттара. «Джейн Эйр» диэн кинигэни атыыласпыттара.

Adrianne Wadewitz

Итиччэ улахан айымньыны хаһан да бүтэриэ суох курдугум, ол эрээри мин тартаран аахпытым. Бэһис кылааска сырыттахпытына бииргэ үөрэнэр оҕолорбутугар ханнык баҕарар тиэмэни үөрэтэрбитин сорудахтаабыттара. Мин XIX үйэ литэрэтиирэтин кэпсээбитим.

Билигин, баҕар таайбыккыт буолуо, мин университекка ааҥыл литэрэтиирэтин биэрэбин. Ону таһынан Бикипиэдьийэ үлэтигэр кыттан суруйааччылар тустарынан ыстатыйалары тупсарабын, холобур «Франкенштейн» ааптара Мэри Шелли уонна «Киэмсийии уонна киэбирии» суруйбут Джейн Остин тустарынан.

Мин Бикипиэдьийэҕэ үлэлиирим туһунан толкуйдаатахпына билиини эбэбин дии санаабаппын, учуутал курдук сананабын. Бикпиэдьийэ көмөтүнэн билиибин кылаастааҕар быдан киэҥ сиргэ тарҕатабын. Соҕотох ааспыт ыйга Джейн Остин туһунан ааҥыллыы ыстатыйаны 115 тыһыынчаттан тахсата көрдүлэр.

Университекка эгэлгэ үрдүк таһымнаах кинигэлэри көрөр кыахтаахпын. Оттон дьон үксэ ити кинигэлэри көрөр кыаҕа суох, тоҕо диэтэххэ, ол төлөбүрү ирдиир. Мин Бикипиэдьийэҕэ суруйаммын маннык сиэрэ суох быһыыны көннөрөбүн.

Мин саҥаны биллэхпинэ астынабын. Киһи куруук үөрэнэ сылдьыахтаах. Ол иһин дьон барыта билиигэ тиксэр кыахтаныахтаах диэн бигэ санаалаахпын.

Итини кытта сөбүлэһэҕин дуо? Оччоҕо, бука диэн, Бикипиэдьийэни өйүүргэ кыттыс.